Дмитриева Евдокия Николаевна Дуоһунаһа бэрэпиэссэр Үөрэҕэ: Үрдүк, Магадааннааҕы судаарыстыбаннай бэдэгиэгикэ үнүстүтүүтэ, остуоруйа-билэлиэгийэ бакылтыата (1973 г.) Учуонай аата уонна истиэпэнэ: Дассыан, бэдиэгигэкэ билимин хандьыдаата, тыл үөрэҕин дуоктара Эбээһинэһэ: Билэлиэгийэ бакылтыатын Учуонай Сэбиэтин чилиэнэ, СӨ БА ХКАНП ГЧҮ диссэртээссийэ сэбиэтин чилиэнэ, АБ ХИ НТуоК диссэртээсийэ сэбиэтин чилиэнэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Бэдэгиэгикэ билимин 13.00.02 Үөрэтии уонна иитии түөрүйэтин уонна мэтиэдикэтин (төрөөбүт тыл, уопсай уонна идэтийэр таһымнар) идэтигэр Д. 212.306.08 диссэртээсийэ сэбиэтин чилиэнэ. АБА СС ХКАНП ГЧҮ "Хотугулуу-Илиҥҥи гуманитарнай вестник" редколлегиятын чилиэнэ. Олоҕун остуоруйата Магадааннааҕы бэдэгиэгикэ үнүстүтүүтүн 1973 с бүтэрэн баран Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Төхтүрдээҕи орто оскуолатыгар нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан анаммыта. . 1977-1980 сс АССБӨ национальнай оскуолаларын чинчийэр билим үнүстүтүүтүгэр (Москуба к.) очнай аспирантураҕа үөрэммитэ. 1981 с. ббд бэрэпиэссэр Бойцова А.Ф. салалтатынан «Тиэхникэ тэриллэрин көмөтүнэн саха оскуолатын 4-6 кылааһын үөрэнээччилэрин тылларын байытыы” диэн тиэмэҕэ хандьыдаат диссэртээсийэтин көмүскээбитэ. 1980 -1985 сс. АССБӨ ҮМ национальнай оскуолаларын чинчийэр билим үнүстүтүүтүн Саха сиринээҕи салаатыгар алын билим үлэһитинэн (сотруднигынан) үлэлээбитэ . 1985 с . нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэтии хаабыдыратыгар үлэлиир. 2002 с. И.Н. Ульянов аатынан Чебоксары куоракка Чуваштааҕы судаарыстыбаннай үнүбэрситиэккэ тыл үөрэҕин дуоктарын диссэртээсийэтин көмүскээбитэ. Ситиһиилэрэ уонна наҕараадалара: САССӨ үөрэҕин туйгуна, СӨ идэлээх үөрэхтээһин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин туйгуна, СӨ учууталларын учууталлара, СӨ үтүөлээх учуутала Билим интэриэһэ: Тыллары тэҥнээн үөрэтии типологийата, тылбаас түөрүйэтэ уонна практиката, тыл үөрэҕэ, нуучча тылын үөрэтии мэтиэдикэтэ Бочуоттаах аат: АБ идэлээх үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитэ Үлэ уопсай ыстааһа: 45 Идэтинэн үлэлээбит ыстааһа: 33